Мээндигигэ оҕо аймаҕы байыаннай иитиигэ болҕомто уураллар

Мээндигитээҕи П.И.Караканов аатынан оскуола байыаннай-патриотическай иитиигэ улахан болҕомтотун уурар. Саҥа үөрэх дьылыттан бастакы байыаннай бэлэмнэнии үөрэҕэ киирэринэн олохтоох нэһилиэк баһылыга Илья Семенов өйөбүлүнэн уонна оскуола эр дьонун күүһүнэн биһиэхэ “Мэһэйдээх балаһа” баар буолла. Манна дьарыгыран оҕолорбут эт-хаан өттүнэн сайдыахтара, байыаннай үөрэххэ бэлэмнээх буолуохтара. Бэлэмнэниигэ араас тэрээһиннэри ыытарга табыгастаах усулуобуйа, эйгэ тэрилиннэ диэн астынабыт уонна баһылыкпытыгар Илья Владимирович Семеновка, оскуолабыт дириэктэригэр Иосиф Константинович Софроновка учууталлар, төрөппүттэр ааттарыттан махталбытын тиэрдэбит. Оҕолорбут,  кэлэр кэнчээри ыччаппыт сайдарын туһугар бу курдук бырайыактар үлэҕэ киирэ турдуннар.

Оставьте комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован.